Artist: | Тыас-Уус (Саха тыла) |
User: | gogichykt |
Duration: | 130 seconds |
Delay: | 12 seconds |
Chord names: | Not defined |
Abusive: | |
Comment: | - |
G B7 Em C
Мин түннүкпэр хаайтарбыт сахсырҕа
G B7 Em C
Бүтэhигэр диэри сирэйинэн охсуллар
G B7 Em C
Ол курдук мин эмиэ сылайан-элэйэн
G B7 Em C
Олоҕум суолун саҥаттан ойуулуохпун баҕардым
хос ырыата:
G B7
Өскөтүн бириэмэни эргитэр
Em C
Массыынаны айар эбит буоллахтарына
G B7
Мин төннүөм этэ ол ыраах оҕо сааспар
Em C
Абааhылаах мин оонньообут алааспар.
G B7 Em C
Төннүбэккэбин мин ол онно хаалыаҕым
G B7 Em C
Алаадьы сыттаах таҥастарбын мин кэтиэҕим
G B7 Em
Күн уота саҕахха саспытын кэнниттэн
G B7 Em C
Түптэ сыттаах салгыҥҥа суураллан хаалыаҕым
G B7 Em
Мин хаалыаҕым оҕо сааhым доҕотторунаан
G B7 Em C
Мин хаалыаҕым туолбатах баҕа санаабынан
хос ырыата:
G B7
Өскөтүн бириэмэни эргитэр
Em C
Массыынаны айар эбит буоллахтарына
G B7
Мин төннүөм этэ ол ыраах оҕо сааспар
Em C
Абааhылаах мин оонньообут алааспар.
G B7 Em
Төннүөхтэрэ ол дьоллоох кэмнэр
G B7 Em C
Халлааннартан быстыбыт күннээх күннэр
G B7 Em
Кэлиий миэхэ, кэлиий миэхэ.
хос ырыата:
G B7
Өскөтүн бириэмэни эргитэр
Em C
Массыынаны айар эбит буоллахтарына
G B7
Мин төннүөм этэ ол ыраах оҕо сааспар
Em C
Абааhылаах мин оонньообут алааспар.